Дойдум дьоно
Я. Тыасытов тыла
И. Брызгалов мелодията

Тэлэhийэн сылдьаммын
Тэhийбэтэх кvннэрбэр,
Дойдум дьонун буламмын
Дьоллонобун, vорэбин.
Кинилэрдиин миигин корсор
Ийэ салгын сиккиэрэ,
Хойуу оттоох он' хочо
На5ыл хатын' сипсиэрэ.

Хос ырыа:

Дойдум дьоно дууhабар
Аанньал курдук ыалдьыттар,
Ахтан, суохтаан корсорбор
А5ам, ийэм курдуктар.
Э5эрдэлии сыдьаайар
Истин' чугас мичээрдэр,
Илгэ сылаас сарсыардатын
Илдьэ кэлбит курдуктар.
Чэрдээх лобуой ытыстарын
Ыга тутан турдахпына,
Торvт буорум угута
Итии хааммар кутуллар.
 
Ырыа ыллаары
И. Аргунов тыла уонна мелодията

Сиргэ таптал, дьон'н'о таптал
Баар буолуохтаах орvvтvн,
Ба5арабын кvн сириттэн
Сэрии-олvv сvтvо5vн.

Хос ырыата:

Ол иhин бvгvн эмиэ
Эhиэхэ5э мин кэллим,
Бу дьоро киэhэ5э
Ырыа ыллаары.
Дьоллоох сиргэ олорортон
Ама туох ордук кэлиэй,
Дьон'н'о дьолу ба5арартан
Ама туох кvvс тэн'нэhиэй?

Таптал, vорvv аргыстаhар
Тахсар кvнv корсоорv,
Кvорэгэйдиин сэhэргэhэр
Кvvттэриилээх дьикти кэм.
 

Кыракый уолчааным
И. Сысолятин тыла
В. Ноев мелодията

Дойдубун, дьоннорбун ахтан,
Долгуйа аhабын дьиэм аанын,
Ким хайа иннинэ аан бастаан
Кыра уолум корсvhэр.

Хос ырыа:

Туку-туку, туок, тукуругум,
Буку-буку буок, букуругум -
Кыракый уолчааным
Сvрэхпэр сыhыары тутан,
Сvvhvттэн сыллыыбын-ууруубун,
Сvрдээх да, сvрдээх да vчvгэй,
Сvрэ5им нvолvйэр.

Кvндvттэн кvндvбvт, кырабыт,
Кvммvтvн таhаарар киhибит
Кvлэрэ-vорэрэ кэрэтиэн,
Кvн тэн'э кvндvтvон.
 
 


 
 
2000 Эллэй hамаайап идеята, 
Игнатьева Ираида Владимировна уруhуйдара
copyrightы тутуhуу
webmaster: studente@mail.ru, NordLand
Сайт создан в системе uCoz