Кытай норуотугар  (кылгатыылаах)

Кытайым норуота!
Кыргыhан, кыдыhан,
Y0рэххэ- сырдыкка
Y0мэннин, YрдYYргэр -
Атаххар бакайыы,
Ада5а кэтэрдэн,
Эрэйгин-буруйгун
Элбэтэн эрэллэр...
Хахайдыы харбаhан 
Хаан хаанна тохторун,
Саталаах сананы
Сананан тураннын.
0hохтос!
0ргостос!...


...Коро5ун, корбоккун?!
Конулгун хайдахтык
Батастаах, унуулээх
Баайдарын барыта
Хааннардаах эттэргин
Хаптаччы тэпсээри,
Кэннигэр кэлэннэр
Кэтэhэн корботтоор?!
Болуох хаан эмсэхтээх 
Боролор тураллар...
Биитэр мин, биитэр эн -
Биирдэспит кыайдын диэн 
Дапсылый!
Дабылый!


20/V-1927 с.
Москуба 




 

 
 

Сайт создан в системе uCoz