Алгыс

Былатыан Ойуунускай

Санаалаах кYнYм харгыстаан,
Санньыйан-санаар5аан,-
Алыс-чахчы сэргэхситэр
Алгыспын ыллыыбын.

Дор5оонноох тылым хоhооно
Долгутар алгыстаах,
Этэр тыынар эгэлгэтэ 
Эрэтэр илбистээх.

Хара санаам халбарыйан,
Хара5ым сырдаата...
Эрэниллэн, ытамньыйан,-
Этим-хааным чэпчиир.

1922 с. алтынньы 6 к.
Дьокуускай

 

 

Сайт создан в системе uCoz